Эден
Тас көстүүтэ
![](http://chped.net/https/upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/4/4c/Adam_and_Eve_by_Lucas_Cranach_%28I%29.jpg/280px-Adam_and_Eve_by_Lucas_Cranach_%28I%29.jpg)
Эден (ивр. גַּן־עֵדֶן) диэн Биибилийэҕэ кэпсэнэр ырай чэчирэҥэ. Таҥара Адамы уонна Еваны айан баран кинилэри манна олордубута. Эдеҥҥа Олох уонна Үчүгэйи-куһаҕаны билии мастара үүнэллэр. Үөскээһин битигэ кэпсииринэн, Эден баар сирэ түөрт сүүрээн төрдө буолар. Сорох үөрэтээччилэр сабаҕаларынан, бу сир Месопотамия эбэтэр Хапхаас хайаларын ойууларыгар олоҕурар буолуон сөп.