Сир ортотунааҕы байҕал
Тас көстүүтэ
![](http://chped.net/https/upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/d/d8/Mediterranean_Sea_political_map-en.svg/300px-Mediterranean_Sea_political_map-en.svg.png)
Сир ортотунааҕы байҕал диэн Атлантик океан байҕала, Эуропа, Азия уонна Африка икки ардыларыгар баар. Иэнэ 2.5 млн км².
Сир ортотунааҕы байҕал устун былыр былыргыттан эргиэн уонна култуура ситимнэрэ ааhаллара. Байҕал тула эргиннэрэ былыргы култууралар үөскээбит сирдэрэ буолаллар: Месопотамия, Былыргы Эгипет, Финикия, Картаген, Былыргы Греция, Левант, Былыргы Ром уонна Маурдар.