Вигго Брун
![](http://chped.net/https/upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/4/4d/ViggoBrun.jpg)
Вигго Брун (эбэтэр Виго Брун (Алтынньы 13, 1885) диэн норвежскай математик. Норвежскай наука академиятын чилиэнэ. Бочуоттаах Гамбург университетын доктора. Улахан аҥаар үлэтэ ахсаан теориятыгар, комбинаторикаҕа өттүлэригэр буолар.
Олоҕун олуктара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Вигго уон оҕоттон саамай балыс этэ. Осло университетын бүтэрбитэ, ол кэнниттэн Гёттингенскай университетка үөрэппитэ (1910-1923). 1923 сыллаахха Норвегияҕа төттөрү төҥнүбүт уонна Тронхейм куоракка Норвежскай технологическай институт профессора буолбута.
Ол кэнниттэн 1946 сыллаахха Осло университетын математика профессора буолбута. Кини үөрэннээччилэриттэн - Атле Сельберг кини ахсаан теоритыгар чинчийиилэрин салҕаабыт. 70 сааһыгар Брун үлэтиттэн тохтообут.
Науканан дьарыга[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
1915 сыллаахха "решето Бруна" көрдөрбүтэ ("решето Эратосфена" салҕыыта) боростуой чыыһыланы чинчийэргэ. [1]. Ити методы тутуһан Гольдбах Гипотезатын дакаастыбылыгар чугаһаабыта. Кини дакаастабыта:
- Ханнык баҕар улахан четнай чыыһыла маннык эбиигэ аҕалыахха сөп , ханнык баҕар эбиллээчитэ 9 элбэҕэ суох множитель баар.
- Парааласпыт боростуой-игэрэ чыыһылалар эрээтэ тэҥнэһэр:
- Эрээт сууммата ааттанар «Брун констатата» боростуой-игэрэлэргэ.
- Брун - Тичмарш теорематын бастакы холобурун таһаарбыт .
Брун элбэх кээмэйдээх непрерывные дроби чинчийбит. Улахан аҥаар кинигэтэ барыта математика остуоруйатын туһунан суруллубуттара. Комбинаторикаҕа "число размещений" быһаарытын холбообут.
Основные труды[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- Über das Goldbachsche Gesetz und die Anzahl der Primzahlpaare, Archiv for Math. og Naturvid. B, Band 34, 1915, Nr. 8. (ниэм.)
- Bull. Sci. Math., Band 43, 1919, S. 100—104, 124—128 (фр.) О сходимости ряда обратных простых близнецов.
- Le Crible d'Eratosthène et le Théorème de Goldbach. C.R. Acad. Sci. Paris, 168, 1919, 544-546. Reprint:. London: Nabu Press, 2011, ISBN 978-1246733556. 42 p.
- Euclidean algorithms and musical theory, L'enseignement mathematique, Vol. 10, 1964, pp. 125–137. (ааҥл.)
Литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- Scriba C. J. Viggo Brun, Historia Mathematica, 7 (1980) 1-6.
Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- Виго Брун persons-info диэн сайтка.
- Немецкая национальная библиотека, Берлинская государственная библиотека, Баварская государственная библиотека и др. Record #117708739 // Общий нормативный контроль (GND) — 2012—2016.
- ↑ Гельфонд А. О., Линник Ю. В. Элементарные методы в аналитической теории чисел, глава 5. М., 1962.