2024 сыл
Тас көстүүтэ
(Мантан: 2024 көстө)
Сыллар |
---|
2020 · 2021 · 2022 · 2023 — 2024 — 2025 · 2026 · 2027 · 2028 |
Уонунан сыллар |
2000-с · 2010-с — 2020-с — 2030-с · 2040-с |
Үйэлэр |
XX үйэ — XXI үйэ — XXII үйэ |
2024 сыл (MMXXIV) — билигин буола турар сыл, чорбохтоох сыл, григориан халандаарынан бэнидиэнньиккэ саҕаланар, биһиги эрабыт 2024-с сыла, 3-с тыһыынча сыл уонна 21-с үйэ 24-с сыла, 2020-с сыллар 4-с сыллара.
2024 сылы устуоруйаҕа саамай элбэх быыбардаах сылынан буолуо дииллэр, тоҕо диэтэххэ 76 дойдуга 4 миллиард кэриҥэ киһини хабар дойду таһымнаах быыбардар буолуохтаахтар. Ол иһигэр уон саамай бөдөҥ дойдуттан аҕыһыгар (Арассыыйа, АХШ, Бангладеш, Бразилия, Ииндийэ, Индонезия, Миэксикэ уонна Пакистан), Улуу Британияҕа уонна Европа түмэнигэр.
Туох буолбута[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- Тохсунньу 1 — Европаҕа Арассыыйаттан алмаас киллэриитин бобуу олоххо киирбит (ЕС Арассыыйа экэниэмикэтин хааччахтыыр 12-с бакыатын иһинэн).
- Тохсунньу 3 — Европа Сойууһа алмааһы хостуур «Алроса» хампаанньаны уонна кини ген. дириэктэрин Павел Маринычевы хааччахтыыр испииһэккэ киллэрбит[1].
- Тохсунньу 24 — Түүнтэн саҕалаан Саха сиригэр Бассаап уонна Тэлигирээм диэн суруйсар ситимнэр үлэлэригэр харгыстар үөскээбиттэр, ону тохсунньу 21 күнүгэр буолбут киһи өлүүлээх хомуур охсуһууну кытта ситимнээбиттэр[2]. СӨ Инновациятын миниистирин солбуйааччы Андрей Суслов эппитинэн, мессенджердэр үлэлэрин сөргүтэр үлэ хаамыыта Роскомнадзору кытта дьүөрэһиллибит[3]. Тохсунньу 27 киэһэтигэр хааччах уһуллубут[4].
- Олунньу 2 — Дьокуускайга Онкодиспансер саҥа дьиэтэ аһыллыбыт. Саҥа дьиэ 180 ыарыһах сытарыгар аналлаах, ону таһынан 16 күнүскү куойкалаах. Поликлиникатыгар симиэнэҕэ 210 киһи көрдөрөр кыахтаныа[5].
Туох буолуохтааҕа[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
(былааннанар тэрээһиннэр, буоллахтарына үөһэ көһөрөбүт)
Өлбүттэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- Муус устар 15 — Артур Алексеев (Төлөннөөх Артур) — саҥа кэмҥэ хомуньуус баартыйа биллиилээх дьайыксыта, хаста да Ил Түмэн дьокутаатынан талылла сылдьыбыта, 6 сыл СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлин солбуйааччытынан ананан үлэлээбитэ.
Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- ↑ Форбс: ЕС ввел санкции против «Алросы»
- ↑ Смертельная поножовщина в Якутске привела к рассылке экстремистских призывов, но совпала с блокировкой мессенджеров
- ↑ Стало известно о согласовании блокировки мессенджеров в Якутии с Роскомнадзором
- ↑ В Якутии после четырех дней сбоя возобновили работу популярные мессенджеры
- ↑ Путин по видеосвязи открыл онкологический центр в Якутске